2,131 Общее количество просмотров,  3 Просмотров сегодня

Музей-комплекс историята 1892 сылтан Күөрдэм сэлиэнньэтигэр Качикатскай Николаевскай церковь тутуллуоҕуттан саҕаланар.

1990 сыллаахха «Октябрь 50 сыла» совхоз директора Н.Ф. Трофимов музейга 4 квартиралаах дьиэ биэрбит. Музей дьыалата төрүттэнэригэр уонна «Самыртай» музей- комплексы тэрийиигэ Саха Республикатын культуратын туйгуна, энтузиаст, бэйэтин дьыалатын патриота Роберт Константинович Захаров күүстээх кылаатын уурбута.

1991 сылга Роберт Захаров көҕүлээһининэн «Самыртай» кыраайы үөрэтэр музей тэриллибитэ. Билигин музей кини аатын сүгэр. Музейга Саха дьонун олоҕун- дьаһаҕын, флоратын уонна фаунатын туһунан кэпсиир ураты экспонаттар, докумуоннар, кыраай уонна сэлиэнньэ историятыгар экспонаттар хаартыскалара түмүллүбүттэр.

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан “Самыртай” музей туруорбут экспозициятын көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

Поделиться: