1,765 Общее количество просмотров,  1 Просмотров сегодня

Бу күннэргэ “Хаҥалас улууһун Тумул нэһилиэгэ. Үлэ – олох суола, албан аат” диэн Мария Дмитриевна Семёнова, Лидия Егоровна Христофорова, Туйаара Николаевна Галактионова хомуйан оҥорбут кинигэлэрэ Күн сырдыгын көрдө, дьон – сэргэ киэҥ биһирэбилин ылла. Бу Хаҥалас улууһун Тумул нэһилиэгэр олорор уонна Тумултан төрүттээх дьон олорбут олохторун, кинилэр үөрэхтэригэр, үлэлэригэр ситиһиилэрин сырдатар, үйэтитэр соруктаах, билиҥҥи эдэр ыччакка кэпсиир улахан суолталаах өйдөбүнньүк кинигэ буолар.
Тумул нэһилиэгин билиҥҥи олоҕун бөҕө укулаатын уурбут, чэрдээх илиилээх, үөрэх, билии чыпчаалларын баһылаабыт аҕа саастаах дьоммут, күндүтүк саныыр элбэх оҕолордоох ытык – мааны ийэлэрбит, бу нэһилиэктэн силис – мутук тардынан киэҥ эйгэҕэ тахсыбыт, колхозтаах, ыанньыксыт, учуутал, учуонай уонна салайар үлэ араас таһымыгар үлэлээбит биир дойдулаахтарбыт олоххо үрдүк ситиһиилэринэн биһиги киэн туттабыт.
Бу кэпсээҥҥэ киирбит үлэһит дьоммут олорон ааспыт олохторун, Тумул нэһилиэгин историятын туһунан кэпсиир баараҕай суолталаах кинигэлэри суруйан, бэчээттээн таһаарар биһиги биир дойдулаахпытын, кэрэ киһибитин Мария Дмитриевна Семёнованы бэлиэтиэххэ сөп. Кини сылайары билбэт утумнаах үлэтинэн Тумул нэһилиэгин дьоно — сэргэтэ, былыргы историята үйэ – саас тухары өйдөбүнньүк буолан элбэх кинигэлэргэ сурулунна, саха норуотун өйүгэр – санаатыгар кэрэ – бэлиэ, хаһан да умнуллубат түгэн буолла.
Бу үйэлээх кинигэлэри ааҕан, үөрэтэн баран, уруккуну утумнаан, кэскили түстээн, билиҥҥи эдэр – ыччат үөрэҕи баһылаан, үлэни өрө тутан төрөөбүт Хаҥалас улууһун Тумул нэһилиэктэрин уопсастыба, государство көмөтүнэн салгыы сайыннарыахтара, ханна да олорбуттарын, үлэлээбиттэрин үрдүнэн бэйэлэрин төрүт сирдэрин – дойдуларын хаһан да умнуохтара суоҕа, инникитин өрүү көмөлөһө туруохтара диэн эрэнэбит.

Анна Егоровна Николаева (Герасимова)
Дьокуускай куорат
Ахсынньы ый 17 күнэ, 2020 сыл

Поделиться: