1,847 Общее количество просмотров,  5 Просмотров сегодня

Биһиги биир дойдулаахпыт, Өктөм нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Раиса Петровна Сысоева » Кэрэни кэпсээри, үтүөнү үксэтээри» диэн саҥа кинигэтэ күн сирин көрдө. Бу үөрүүлээх күн Раиса Петровна бииргэ үөрэммит доҕотторо, ыаллара, аймах — билэ дьоно кэлэн үтүө тыл эгэлгэтин эттилэр, элбэх ылбаҕай ырыа ылланна, хомоҕой хоһоон этилиннэ. Ыалдьыттар
Саҥа кинигэ нэһилиэк историятын үөрэтэргэ улахан суолталааҕын бэлиэтэтилэр. Бу үөрүүлээх күнү эдэр, кэскиллээх редактор Татьяна Владимирова үрдүк таһымнаахтык иилэн — саҕалаан ыыппыта сонун буолла.

Поделиться: