1,722 Общее количество просмотров,  1 Просмотров сегодня

Диэн иһитиннэрдэ бу киэһээ Өктөм, Чапаево сэлиэнньэлэр быыбардыыр учаастактарыгар наблюдателлэри, общественниктэри дьаһайан үлэлэппит олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ Мотрена Егоровна Павлова. 

— «Дьоммут КПРФ-тан, «Биир ньыгыл Россия» партиятыттан, биир күн Чапаевка ЛДПР- тан быыбар хаамыытын кэтээн көрөн олорторо. Биһиэхэ барыта этэҥҥэ. Хамыыһыйа, быыбары тэрийээччилэр үс күн бэркэ үлэлээтилэр. Дьон температуратын кээмэйдээн, санитайзерынан илиилэрин ыстаран, бэрчээккэ, мааска, уруучука биэрэн, быыбардыыр сааланы сууйан-сотон, кыайан учаастакка кэлбэт дьоҥҥо бары миэрэни тутуһан дьиэлэригэр тиийэн куоластатан. Биһиги дьоммут бэрээдэктээхтэр. РФ Госдууматыгар, ону сэргэ сорох олохтоох уокуруктарбытыгар дьокутааттары таллыбыт. Дьон күһүҥҥү түбүктэриттэн бириэмэ булан быыбардыыр бырааптарын туһаннылар.
Поделиться: